Эдьиий Марыына кинини таптаан "Саарын-Маарын" диирэ😍 "Сибэкки уонна мин" ырыатын бэйэтин репертуарыттан "ыллаа" диэн биэрбит. Баяҥҥа доҕуһуоллуур Марина Попова биир сөбүлээн үлэлээбит аккомпаниатора Георгий Попов. Саарын "Эдьиий Марыынаны Эдит Пиафка холуохха сөп", - диэтэ. Эмиэ Пиаф курдук, норуоттан тахсыбыт талаан дьон-сэргэ тапталын ылыан ылбыта. Саха сирин бары муннугун кэрийэн гостуруоллаан, норуоту кытта алтыһан, тулуурунан, бэйэтин айар үлэтигэр ирдэбиллээх сыһыанынан, талаанынан. Доҕотторо кини ураты көрүүлээх, мындыр, дьикти сахалыы дьээбэлээх-хооболоох бэргэн этиилэрин, сытыы тылларын билигин даҕаны өйдүү-саныы сылдьаллар. "Өскө нууччаларга Фаина Раневская баар эбит буоллаҕына, биһиэхэ - Эдьиий Марыына", - диэн Георгий Белоусов сөрү-сөпкө бэлиэтээтэ.