‼️Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт!
Анал байыаннай дьайыы биллэриллиэҕиттэн дойдубут чиэһин эрэллээхтик көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар улууспут дьоно-сэргэтэ бары биир киһи курдук турунаммыт тиһигин быспакка бииргэ көмө оҥорон кэлбиппит махталлаах. Төрөөбүт дойдуларыттан, сирдэриттэн-уоттарыттан, алаһа дьиэлэриттэн, дьиэ кэргэттэриттэн тэйэ сылдьар дьоҥҥо бу тугунан да кэмнэммэт улахан өйөбүл, тирэх. Кинилэр баар буоланнар биһиги бүгүн нус-хас олоробут, үлэлиибит-хамныыбыт, айабыт-тутабыт.
Онтон уолаттарбыт күн бүгүн өссө да биһиги өйөбүлбүтүгэр, көмөбүтүгэр наадыйаллар. Кинилэр өрөгөйдөөх Кыайыыны аҕалсыбыт аҕа көлүөнэ дьоммут суолларын тэлэн, уоттаах хонууга төһөлөөх ыарахан балаһыанньаҕа сылдьалларын өйдөөн-дьүүллээн туран, биһиги, улуус олохтоохторо хас биирдии бэйэбит биир күннээх хамнаспытынан көмө оҥоруоххайыҥ диэн ыҥырабыт уонна бу Ыҥырыыны бары ис сүрэххититтэн өйүөххүт диэн эрэнэбит.
Уус Алдан улууһун сэрии, үлэ бэтэрээннэрин Сэбиэтэ